Strategy/Wikimedia Foundation/2016/Community consultation/sah

This page is a translated version of the page Strategy/Wikimedia Foundation/2016/Community consultation and the translation is 85% complete.


Бикимиэдьийэ Пуондатын 2016 сыллааҕы сайдар саҕахтарын ырытыыга ыҥырабыт. 2015 сыл тухары Пуонда салгыы хайдах үлэлиири, 2010-15 сылларга ылыллыбыт былаан ситиһиллэ илик соруктарын хайдах ситиһэр туһунан толкуйдаата. Бу аһаҕас ырытыы сыала-соруга: Бикимиэдьийэ Пуондатын 2016 сыл от ыйыттан саҕалаан 12-24 ый тухары үлэлиэхтээх былаанын быһаарыы.

Strategy approaches report

Бэйэбит көрүүбүтүгэр, 2010 уонна 2015 сыллардааҕы Стратегияларга уонна тас чиничийиилэргэ олоҕуран үс сүрүн хайысханы тутуһабыт: байыы, түмсүү уонна билии (бу туһунан сиһилии кэпсиэхпит). Пуонда үлэһиттэрэ уонна аҕыйах түмэт бөлөхтөрө бу хайысхаларга хас биирдиилэригэр сүрүн харгыстары уонна кэскиллээх санаалары ойуулаатылар. Бу көрүүлэри манна ырытыахтаахпыт. Билиҥҥи сорукпут - түмэти кытта бииргэ бу үс хайысхаҕа ордук хотуулаах хаамыылары булуу.

Ырытыы үс туһунан тиэмэлээх сирэйдээх. Хас сирэй аайы биирдии киэҥ хабааннаах ыйытыы биэриэхпит, Пуонда бу боппуруоһу хайдах быһаарара ордугуй диэн. Таларга алта хайысха баар буолуоҕа. Болдьох кылгаһынан, күүс-уох тиийбэтинэн барытын хабар кыахпыт суох, онтон хайатын эрэ талыахтаахпыт. Ол иһин бу алтаттан иккитин дуу үһүн дуу таларга көрдөһөбүт. Маны таһынан бэйэҕит санааҕытын эмиэ этиэххтин сөп. Бука диэн, биири өйдүүргүтүн көрдөһөбүт: бүтэһиктээх быһаарыныы ылынарыгар Пуонда бэйэтин ис кыаҕын учуоттуур (баҕа өттүнэн үлэлиир дьону уонна көмөлөһөр тэрилтэлэри ааҕан туран).

Бука диэн, ырытыыга Friendly Space Expectations быраабылатын тутуһуҥ.

Information from this consultation will help inform our strategy going forward.


align=right Thank you for contributing your thoughts to this consultation!

Болдьохтор

Маннык болдьоҕу тутуһуохтаахпыт.

  • Тохсунньу 11: Тылбааска таһаарыы
  • Тохсунньу 18: Сүрүн ырытыыны саҕалааһын
  • Олунньу 15: Ырытыыны түмүктээһин
  • Олунньу 26 күнүгэр диэри: Ырытыы түмүгүн таһаарыы
  • Кулун тутар 4 күнүгэр диэри: Стратегия ырытыылаах бастакы барылын таһаарыы