Wikipedias in the languages of Russia/sah

Киһини кытта өйдүүр тылынан кэпсэттэххинэ төбөтүн кытта кэпсэтэҕин,
оттон киһини кытта төрөөбүт тыланна кэпсэттэххинэ - сүрэҕин кытта кэпсэтэҕин.

— Нельсон Мандела

"Култуураны уонна тылы чөл хаалларыы парадокса уларытыыга сытар. Өлүктүйбүт эрэ тылы уонна култуураны уларыппаккын.".

— Пасанен А., Саарикиви Я.[1]

Бу Арассыыйа Бэдэрээссийэтинолохтоох уонна аҕыйах ахсааннаах омуктарын тылларынан тахсар Бикипиэдьийэлэри өйүүр уонна сайыннарар бырайыак (биитэр АТБ сайыннарыы) сирэ.

Языковые коды, охватываемые проектом «Арассыыйа омуктарын тылларынан тахсар Бикипиэдьийэлэр»
"Билигин баар 7000 кэриҥэ тылтан... быһа барыллаан 5% ... сыыппара ээратыгар салҕанар кыахтарын сүтэрбэккэ сылдьаллар. ... Бу чинчийии сүрүн түмүгүн маннык этиэххэ сөп: Бикипиэдьийэтэ суох тыл салҕанар кыаҕа суох."[2]

— Андрас Корнай

"Төрөөбүт тылы бэйэтигэр сыһыарарыгар, ыччат үтүктэригэр тылга сыһыаннаах чаҕылхай холобурдаах буолуохтаах. Дьиэ, оскуола эйгэтэ хайыы үйэ сөп буолбат, былыргыны түүйэр култуура бэйэтигэр тардыбат. Ол эрээри ыччат култууратын тастан оҥорор уустук — ыччат бэйэтэ эрэ култууратын айар уонна үтүктэр эмэгэттэрин оҥостор. Бу соругу ситиһиини сүрдээҕин уустугурдар."

— Пасанен А., Саарикиви Я.[3]

Түмэт көхтөөх буоларын ситиһэргэ кини култуурата сайда туруохтаах, аныгы үйэ бииртэн биир көстөн иһэр сонун көстүүлэрин бэйэтигэр киллэрэн буһаран иһиэхтээх, саҥа күөрэйэр кыһалҕаларга хоруй булан иһиэхтээх. Ол тылга уларыйыы киирэрин кытта ыкса ситимнээх. Бикипиэдьийэ, киһи-аймах билиитин мунньары көҕүлээн, аан дойдуга култуура эгэлгэтин чөл хаалларыыны кэрэһэлиир.

Бырайыак соруга

edit

Сүрүн сорукпут - Арассыыйа бары тыллара сыыппара модьоҕотун (кирбиитин) нөҥүөлээн, сыыппара эйгэтин кыаҕын туһанан сайдар кыахтарын күүһүрдэллэрин ситиһии. Маны ситиһэргэ Бикимиэдьийэ бырайыактарыгар төһө кыалларынан элбэх киһи кыттарын хааччыйыахтаахпыт.

Бырайыак айылҕата

edit

Бикимиэдьийэ пуондата киһи-аймах муспут билиитин ханнык баҕарар киһи көҥүл-босхо сомсон ылар тиһигин айарга турунна. Ол маны ситистэххэ сатанар кыахтаах:

  1. ханнык да билии сүппэтэҕинэ уонна
  2. аһаҕас буоллаҕына.

Киһи-аймах билиитин чөл хаалларыы Бикимиэдьийэ хамсааһынын биир тулааһына буолар.

«Викимедиа РУ» Арассыыйа Бэдэрээссийэтин олохтоох тэрилтэтэ буоларын быһыытынан, кини нуучча уонна атын Арассыыйа тылларынан тахсар бырайыактары өйүүр.

Бу бырайыак Арассыыйа Бэдэрээссийэтин олохтоох омуктарын (чуолаан бэйэлэрэ туспа дойдута суох омуктары(ааҥ.)) өйүүргэ, тылларын чөл хаалларыыга уонна сайдалларын көҕүлүүргэ оҥоһуллар дьайыылары өйүүр, өбүгэлэриттэн утумнуур билиилэрин уонна култуура хапытаалын хаҥатар тиһиги глобализация долгунугар оҕустарыы усулуобуйатыгар айарга ананар.

Бырайыак туһунан

edit

Бу бырайыак нуучча тыллаах манна баар Проект:Разделы Википедии на региональных языках России сирэйэ нууччалыы саҥарар биикиһиттэр үлэлэрин сүрүннүүр платформа буолар. Бырайыак кыттааччыларын тиһилигин көр.

Онно уопут мунньуллар, элбэхтик бэриллэр ыйытыыларга хоруйдар бааллар, туһалаах тиһиликтэр, бырайыак сонуннара, Мета-тылбааска сигэлэр бааллар:

Бырайыак сайдыытын ырытарга Викимедиа РУ сурутуутун салаата ананар.
Өйөбүл атын көрүҥнэригэр Арассыыйа Бикимиэдьийэтэ ситим-сиригэр ьаар шаблон на Заглавной странице уонна проект «Многоязычность» киирэллэр.

Бырайыак соруктара

edit
  • Сайдыыны өйөөһүн
  • Төрөөбүт тылынан тахсар Бикипиэдьийэ баарын уонна суолтатын билиһиннэрии
  • Ааҕааччылары Бикипиэдьийэни көннөрүүгэ угуйуу
  • Бикипиэдьийэ ааҕааччыларын элбэтии

Эбии көр.

edit

Туһалаах сигэлэр

edit

Быһаарыылар

edit
  1. Замятин К., Пасанен А., Саарикиви Я. "Как и зачем сохранять языки России"./ Часть I. Многоязычное общество и многоязычный индивид. Глава "Изменяющаяся роль языков", 35 cтр.
  2. "Of the approximately 7,000 languages spoken today ... less than 5% ... can still ascend to the digital realm. ... To summarize a key result of this study in advance: No wikipedia, no ascent."Digital Language Death by András Kornai
  3. Замятин К., Пасанен А., Саарикиви Я. "Как и зачем сохранять языки России"./ Часть III. "Пути сохранения языков под угрозой исчезновения. Практические советы", Глава "Преподавание на языке меньшинства в школе", раздел "Что кроме школы и после школы?", 162 с.